Баай барыылаах Байанай ыйын түмүктүүр тэрээһин чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр түөлбэнэн эр дьоҥҥо уонна дьахталларга күрэхтэр ыытылыннылар.
- 07/12/2025
- 109
- нет
Күрэххэ хамаандаттан 4-түү эр бэртэрэ МЦ сааны ыһыы, хомуйуу, көрдөөх эстэпиэтэ, ложканан ууну таскайдааһын, аһастаах эр бэрдэ күрэхтэр ыытылыннылар. Эр дьоҥҥо уопсайа 3 толору састааптаах хамаанда кыттан түмүк маннык буолла:
1 м 7 очколаах хаачыстыбанан Малтахаан түөлбэ
2 м 7 очколаах Түмсүү түөлбэ
3 м 10 очколаах Баатара түөлбэ буоллулар
Кэрэ аҥардарга 4 түөлбэ собо балыктан бүлүүдэ арааһын астаан аҕалан түмүк маннык:
1м 40 суол аһы астаан Түмсүү түөлбэ
2м 27 суол аһы астаан Үрдэл
3м 15 суол аһы астаан Баатара түөлбэ
4м 8 суол аһы астаан Эрэл түөлбэ буоллулар.
Бары кыттыбыт дьоммутугар махтанабыт, өссө даҕаны олорор түөлбэбит туһа диэн кыттаргытыгар баҕарабыт