«Сомоҕолоһуу сүүрүүтэ»
- 04/04/2026
- 7
- нет
🔹Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо!
🔹Бэс ыйын 12 күнүгэр, Саха сиригэр бастакытын «Сомоҕолоһуу сүүрүүтэ» — диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин ыытылларын иһитиннэрэбин.
🔹Биһиги улууска чөл олоҕу өрө тутан, спордунан дьарыктанар дьоммут ахсаана сыллата элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Онон бу сүүрүүгэ Мэҥэ Хаҥаластар өрүү буоларын курдук күргүөмүнэн тахсан кыттыаҕыҥ, сүүрэн-хааман көрдөрүөҕүҥ.
Чэгиэн-чэбдик буолууну хас биирдиибит бэйэбититтэн саҕалыаҕыҥ, ыччат дьоммутугар холобур буолуоҕуҥ!
Күндү дьонум-сэргэм, этэҥҥэ буолуҥ сүүрүү суолугар көрсүөххэ диэри!
🔹Муус устар 15 күнүгэр диэри zabegedinstva.ru сигэнэн киирэн сайаапкаҕын толор.